Сэтинньи 24 күнүгэр «Олоҥхо дьиэтэ» этнокультурнай кииҥҥэ Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Саха сирин оһуохайын Дархан этээччитэ Семен Ильич Черноградскай төрөөбүтэ 75 сааһыгар анаан «Дьиэрэй» фольклорнай күрэх тэрилиннэ. Күрэххэ уопсайа 17 биирдиилээн толорооччу, 5 бөлөх сахалыы жанрдарга, тойукка , дэгэрэҥ уонна норуот ырыатыгар, чабырҕахха, төрүт дорҕоон фольклор көрүҥнэригэр илин-кэлин түһүстүлэр. Көрүү түмүгүнэн «Татыйык» фольклорнай бөлөх ситиһиилээхтик кыттан, «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын ыллылар, салайааччы Т.Г.Габышева.