Ыам ыйын 1 күнүгэр Үлэ, Эйэ, Маай бырааһынньыгар сынньалаҥ пааркатын, футбольнай былаһаакканы ыраастааһыҥҥа субуотунньук үлэтэ ыытылынна. Бу күн күргүөмүнэн тахсан ырааһырдыы үлэтигэр кыттыыны ыллылар Бороҕон нэһилиэгин тэрилтэлэрэ, түөлбэ олохтоохторо, ол курдук: олохтоох дьаһалта, балыыһа, «Түмсүү» сынньалаҥ киинэ, ДьУоКХ, Тумул орто оскуолатын, детсад коллектива. Маны таһынан оскуола уолаттара футбольнай былаһаакка территориятын хомуйдулар. Үгэскэ кубулуйбут Маай бырааһынньыгар сымыыт харсыһыыта күрэх бэрт тыҥааһыннаахтык ыытылынна. Күрэх түмүгүнэн кыайыылааҕынан Ивановтар дьиэ-кэргэн тахсан олохтоох дьаьалта туруорбут лоток сымыытын туттулар. Үлэни өрө тутуохха, Үлэ-чиэс, Албан аат!