Аан дойду дьахталларын күнүнэн «Истиҥ сүрэхтэн» бырааһынньыктааҕы дьоро күн

      Кулун тутар 8 күнүгэр «Түмсүү»  норуот айымньытын киинигэр Аан дойду дьахталларын күнүнэн  нэһилиэк күүстээх аҥардарын күүһүнэн «Истиҥ сүрэхтэн» бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ кэнсиэр тэрилиннэ. Дьоро киэһэ нэһилиэк баһылыгын эбээһинэһин толорооччу  Копырин Константин Михайлович  эҕэрдэтиттэн саҕаланна, ону тэҥэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт эҕэрдэлэрин тиэртилэр.  Күүстээх аҥардар кэрэ аҥардарга анаан сибэкки дьөрбөтүн бэлэх ууннулар. Бырааһынньыктааҕы тэрээһиҥҥэ ылбаҕай ырыалар ылланнылар, көрдөөх-нардаах сценкалар, сүүйүүлээх оонньуу оонньонно. Истиҥ кэнсиэр кэнниттэн күүстээх аҥардар бырааһынньыктааҕы фуршет тэрийдилэр.  Кэрэ аҥардар тэрээһинтэн астынан, дуоһуйан үөрэн-көтөн туран махтал тылларын эттилэр. Түгэнинэн туһанан нэһилиэк күүстээх аҥардарыгар умнуллубат киэһэни бэлэхтээбиккитигэр улахан махталбытын тиэрдэбит, куруутун бу курдук сомоҕолоһон түмсүүлээх буолун.