Записи в рубрике Uncategorized

15-с төгүлүн ыытыллыбыт республиканскай «Хомус Кырдала-2024» күрэх

      Ахсынньы 3 күнүгэр Мүрү нэһилиэгэр Хомусчут-импровизатор, СӨ культуратын туйгуна, Тандатааҕы норуот айымньытын киинин директора Альберт Находкин авторскай бырайыагынан  республикатааҕы «Хомус кырдала-2024»  хомусчуттар түһүлгэлэрэ тэрилиннэ. Уопсайа күрэххэ 172 кыттааччы, ол иһигэр 9 оҕо ансаамбыла, 6 улахан дьон ансаамбыла, 34 биирдиилээн кыттааччы кыттыыны ыллылар. Күрэҕи дьүүллээтилэр уонна маастар кылааһы ыыттылар СӨ үтүөлээх артыыһа Альбина… (читать далее)

Олоҥхо уонна хомус декадатын чэрчитинэн ыытыллыбыт «Өбүгэ ситимин удьуордаан»фольклорнай кэнсиэр.

         Сэтинньи 29 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр Олоҥхо уонна Хомус декадатын чэрчитинэн «Өбүгэ ситимин удьуордаан» фольклор дьоро киэһэтэ тэрилиннэ. Саха  төрүт үгэһин тутуһан  ырыа-тойук ылланна, хомус дьурүскэн дорҕооно дьүрүһүйдэ, саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай үрдүкү чыпчаала омуннаах олоҥхо этилиннэ. Бу киэһэҕэ кыттыыны ыллылар: «Татыйык» фолькорнай ансамбль сал. Габышева Т. Г, «Далбар»… (читать далее)

«Культура сайдыыбыт чыпчаала-норуоппут үйэлээх үгэһэ» Уус-Алдан улууһугар норуодунай коллективтар күннэрин чэрчитинэн «Айыллан» норуот тыйаатыра «Наара Суох» музыкальнай комедияны көрөөччү дьүүлүгэр таһаарда.

      Сэтинньи 27 күнүгэр Мүрү нэһилиэгэр «Культура сайдыыбыт чыпчаала-норуоппут үйэлээх үгэһэ» Уус-Алдан улууһугар народнай коллективтар күннэрин чэрчитинэн В. В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» культура дыбарыаһыгар Тумуллааҕы «Айыллан» норуот тыйаатыра Иван Гоголев-Кындыл айымньытынан 4 хартыыналаах, 6 көстүүлээх «Наара Суох» музыкальнай комедияны көрөөччү дьүүлүгэр таһаарда. Оруолларга «Айыллан» норуот тыйаатырын артыыстара оонньоотулар. Наара Суох-Василий Копырин, Күндү… (читать далее)

Учуонай Иннокентий Пухов төрөөбүтэ 120 сылыгар, биллиилээх тойуксут Алексеев Николай Тимофеевич төрөөбүтэ 100 сылынан «Дьиэрэй» улуустааҕы фольклорнай күрэххэ кыттыы.

Сэтинньи 20 күнүгэр улуус киинигэр «Олоҥхо дьиэтэ» этнокультурнай кииҥҥэ Олоҥхо уонна Хомус Декадатын үөрүүлээх тэрээһинэ ыытылынна. Уус-Алдан улууһугар Олоҥхо уонна Хомус декадатын аһыллыытыгар учонай, филологическай наука кандидата, Саха АССР наукаларын утуелээх деятелэ Иннокентий Пухов төрөөбүтэ 120 сылыгар, биллиилээх тойуксут, Саха театрын артыыһа Алексеев Николай Тимофеевич төрөөбүтэ 100 сылынан «Дьиэрэй» улуустааҕы фольклорнай күрэх тэрилиннэ. Олоҥхо Ассоциациятын… (читать далее)

Ил, Эйэ, Сомоҕолоһуу, Комсомол тэриллибитэ 106, Октябрьскай революция 107 сылларынан «Сомоҕолоһуу биһиги күүспүт» нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт хамаанданан күрэх.

       Сэтинньи 8 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр Ил, Эйэ, Сомоҕолоһуу, Комсомол тэриллибитэ 106, Октябрьскай революция 107 сылларынан «Сомоҕолоһуу биһиги күүспүт» нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыларыгар күрэх тэрилиннэ. Кыттыыны ыллылар: Олохтоох дьаһалта хаамаандата, В. М. Прокопьев аатынан Тумул орто оскуолатын хамаандата, «Тумулчаана» оҕо саадын уһуйаана, «Аал уот», «Көмүлүөк» үһүс саас оскуолатын хамаандата. Хамаандалар 5 түһүмэххэ… (читать далее)

Саха сирин бастакы Президенэ М. Е. Николаев көҕүлээһининэн «Рисуем все» республиканскай проект чэрчитинэн, Уус-Алдан улууһугар көһө сылдьар кубок эстафетатын делегацията биһиги нэһилиэккэ ыалдьыттаата.

       Сэтинньи 5 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр Саха сирин бастакы Президенэ М.Е.Николаев көҕүлээһининэн «Рисуем все» республиканскай проект чэрчитинэн, Уус-Алдан улууһугар  көһө сылдьар кубок эстафетатын делегацията  биһиги нэһилиэккэ  ыалдьыттаата. «Рисуем все» проект кубогын  ыаллыы сытар Суотту нэһилиэгин делегацията,  баһылык солбуйааччыта Ксенофонтов С.И.  салайааччылаах кэлэн туттардылар. Бороҕон нэһилиэгин уруһуйдьуттарын улахан быыстапката тэрилиннэ. Быыстапкаҕа талааннаах уруһуйдьуттар… (читать далее)

Ил, Эйэ,Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах тэрээһин. Арыы-Тиит учаастага.

Сэтинньи 4 күнүгэр Арыы-Тиит учаастагар Ил, Эйэ, Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах тэрээһин ыытылынна. «Араас омук танаһа» күрэх бэрт көхтөөхтүк тэрилиннэ. Күрэххэ куукуланы араас омук таҥаһын таҥыннаран, киэргэтэн аҕалан көмүскээтилэр. Көрүү түмүгүнэн куукуланы сахалыы былааччыйалаан, киэргэлинэн симээн, аҕалан 1 миэстэни  ылары ситистэ Оллонова Галина Гаврильевна,  иккис миэстэни ылла Индия таҥастаах куукула, кинини киэргэтэн, симээн аҕалла Татаринова Лидия… (читать далее)

Уус-Алдан улууһугар бастакы норуодунай библиотека тэриллибитэ 100 сылыгар анаан «100 сыл кэрэни, сырдыгы саҕан» тэрээһин.

        Алтынньы 25 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр «100 сыл кэрэни, сырдыгы саҕан» Уус-Адан улууһугар бастакы норуодунай библиотека тэриллибитэ 100 сылынан улуус киин библиотекатын специалистара, директор Копырин И. Д. салайааччылаах ыалдьыттаатылар. Библиотека историятын сырдатар хаартысканан быыстапка, Саха Республикатын культуратын туйгуна, культура ветерана, Уус-Алдан улууһун уонна Бороҕон нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Халдеева А. Р. айар… (читать далее)

Республикаҕа Ийэ күнүн декадатын чэрчитинэн ыытыллыбыт «Ийэ-Аан дойду аанньала» тэрээһин.

       Алтынньы 23 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр Республикаҕа Ийэ күнүн чэрчитинэн «Ийэ-Аан дойду аанньала» бырааһынньыктааҕы тэрээһин ыытылынна. Күн күбэй ийэлэргэ анаан полиротанганан корзина өрүүтүгэр маастар кылаас тэрилиннэ.  Маастар кылааһы ыытта Габышева Т. Г. Ол кэннэ төгүрүк остуол тула араас көрдөөх оонньуулар оонньоннулар, эҕэрдэ ырыалар ылланнылар. Ийэлэрбит бэйэлэрин илиилэринэн тутан-хабан оҥорбут оҥоһуктарынан астынан-дуоһуйан  дьоро… (читать далее)

Республикаҕа Ийэ күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт «Ийэм мичээрэ» тэрээһин. Элэһин учаастага.

       Алтынньы ый 19 күнүгэр Элэһин учаастагар Республикаҕа Ийэ күнүн чэрчитинэн «Ийэм мичээрэ» күн күбэй ийэлэргэ аналлаах тэрээһин ыытылынна. Бырааһынньыктааҕы дьоро күн төгүрүк остуол тула олорон санаа атастаһан, араас көрдөөх оонньуулары оонньоотулар, эҕэрдэ ырыалары ыллаатылар. Ыытыллыбыт тэрээһинтэн астынан, үөрэн-көтөн түмүккэ уопсай хаартыскаҕа түстүлэр.