Сэтинньи 14 күнүгэр «Түмсүү» норуот айымньытын киинигэр 2025 сыл Уус Алдан улууһугар, Бороҕон нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбатын сылларын түмүктүүр дьоро биэчэрэ ыытылынна. Тэрээьин Бороҕон нэһилиэгин баьылык эбээһинэһин толорооччу Копырин К.М. эҕэрдэтиттэн уонна тыа хаһаайыстыбатыгар ситиһиилээхтик үлэлиир хаһаайыстыбаларга, Барашков В.И., Алексеев А.С. махтанан туран эҕэрдэ суруктары, бэлэхтэри туттарда. Бу киэһэҕэ 1967 сыллаахха тэриллибит улууспутугар биир бастыҥ көрдөрүүлээх «Лена» совхоз биэс отделениятын: Сыырдаах, Тумул, Бэйдиҥэ, Суотту уонна Курбуһах нэһилиэктэрин холбоһуктаах уус уран самодеятельноһын кэнсиэрэ биһиги нэһилиэктэн үрдүк таһымнаахтык саҕаланна. «Лена» совхозка үлэлээн-хамнаан ааспыт Герой-маяк дьоннорбутун, Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ көрдөрүүнү ситиспит «Лена» совхоз отделенияларын туруу үлэһит дьонун ахтан-санаан, үлэлээбит үлэлэрэ сырдатылынна. Бу дьоро киэһэ 5 нэһилиэктэн уус-уран самодеятельность кыттааччылара кэлэн көрөөччүлэргэ бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэри бэлэхтээтилэр.
Сэтинньи 15 күнүгэр Өлтөх нэһилиэгэр «Лена» совхоз отделениеларын холбоһуктаах кэнсиэрэ бука — бары бииргэ түмсэн дьоро күнү тэрийдибит. Салгыы Суотту, Сыырдаах, Курбуһах нэһилиэктэригэр маннык үрдүк таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

