«Мин сааһым-мин баайым» аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһин.

     Алтынньы 16 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр  үгэс буолбут сылын аайы ыытыллар Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн «Мин сааһым-мин баайым» бырааһынньыктааҕы тэрээһин ыытылынна. Дьоро күн торжественнай чааһыгар нэһилиэк аҕа баһылыга Алексеев В. П., «Аал уот» түмсүү салайааччыта Черкашин П. Е., «Көмүлүөк» үһүс саас оскуолатын салайааччыта Прудецкая С. А. үөрүүлээх күнүнэн аҕам саастаахтары, юбилярдары эҕэрдэлээтилэр. Өр сылларга ветераннар түмсүүлэрин салайбыт Новоприезжий И. Г. «Уус-Алдан Бочуоттаах ветерана» анал бэлиэнэн, Новоприезжий В. И. «Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар өҥөтүн иһин» анал бэлиэнэн, Терентьева Г. П.  «Уус-Алдан улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» анал бэлиэнэн наҕараадаланнылар. 

         Бэйэ үүннэрбит оҕуруот аһыттан  «Быйаҥнаах корзина» күрэх тэриллэн кыайыылааҕынан Черкашина И. И. бастакы миэстэни ылла. Ону таһынан «Мин сөбүлүүр дьарыгым» хобби көмүскээһинигэр уопсайа 7 эбээ кыттыыны ылан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Төгүрүк остуол тула араас көрдөөх оонньуулар оонньоннулар, эҕэрдэ ырыалар ылланнылар. Олохтоох библиотекарь Прудецкая С. А. аҕам саастаахтарга аналлаах викторина оонньотон кыайыылааҕынан Черкашин П. Е. таҕыста. Аҕам саастаах дьоммут ирэ-хоро  кэпсэтэн, оонньоон-көрүлээн үөрэ-көтө бырааһынньыгы атаардылар. 

 

Добавить комментарий