Республикаҕа Ийэ күнүн декадатын чэрчитинэн ыытыллыбыт «Ийэ-Аан дойду аанньала» тэрээһин.

       Алтынньы 23 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр Республикаҕа Ийэ күнүн чэрчитинэн «Ийэ-Аан дойду аанньала» бырааһынньыктааҕы тэрээһин ыытылынна. Күн күбэй ийэлэргэ анаан полиротанганан корзина өрүүтүгэр маастар кылаас тэрилиннэ.  Маастар кылааһы ыытта Габышева Т. Г. Ол кэннэ төгүрүк остуол тула араас көрдөөх оонньуулар оонньоннулар, эҕэрдэ ырыалар ылланнылар. Ийэлэрбит бэйэлэрин илиилэринэн тутан-хабан оҥорбут оҥоһуктарынан астынан-дуоһуйан  дьоро күн уопсай хаартыскаҕа  түһүүнэн түмүктэннэ. 

Добавить комментарий