Ыам ыйын 25 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр Саха өрөспүүбүлүкэтигэр ырыа күнүгэр аналлаах, самаан сайыны көрсө «Ырыа-олох аргыһа» диэн ырыа дьоро түһүлгэтэ ыытылынна. Кыттыыны ыллылар «Далбар», «Дьүөгэлиилэр» дьахталлар уонна дьиэ-кэргэттэр ансаамбыллара, «Туйма» эр дьон ансаамбыла уонна оскуола 2 кылааһын үөрэнээччилэрэ «Дьүрүйэчээн» фольклорнай бөлөх, «Уолаанчык» уолаттар бөлөхтөрө, салайааччы Петрова В.П. Ырыа бырааһынньыгын киэргэттилэр нэһилиэк киэн туттар ырыаһыттара Вера, Анатолий Габышевтар, Ирина Алексеева, Марсен Протопопов, Анастасия Андросова, Степан Барашков, сыана ветераннара Анна Алексеева, Александр Сухонин, Матрена Новоприезжая, Люция Попова, кырачаан ырыаһыттарбыт «Күөрэгэйдэр» бөлөх, Сандаара Новоприезжая. Биэчэри иилээн-саҕалаан ыытта Ион Соловьев. Ырыа дьоро түһүлгэтэ Алексей Калининскай-Луҥха мел. Ксенофонт Уткин-Нүһүлгэн тыл. «Саргыбыт сайыннын» хор ырыанан түмүктэннэ. Көрөөччүлэр дьоро киэһэттэн астынан, дуоһуйан ытыстарын тыаһын бэлэхтээтилэр. Ырыа күнэ ыраахха дуораһыйдын, Ырыа-олох аргыһа.