Алтынньы 11 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр В. В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» культура дыбарыаһын коллектива «Эҕэрдэ Тойон Мүрүттэн» кэнсиэринэн ыалдьыттаатылар. Дьоро киэһэҕэ ылбаҕай ырыалар, араас норуоттар үҥкүүлэрэ, көрдөөх-нардаах сыанкалар көрөөччү интэриэһин тартылар. Кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыытта конферанс Александр Гоголев — Лоокуут. Культура үлэһиттэрэ, художественнай самодеятельность кыттыылаахтара бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэри көрдөрөн, көрөөччүлэр ытыс тыаһын бэлэхтээннэр тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста.