72-с төгүлүн «Кулууп уота угуйар» сезон аһыллыытын дьоро күнэ.

       Алтынньы ый 19 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр 72-с төгүлүн ыытыллар үгэскэ кубулуйбут «Кулууп уота угуйар» сезон аһыллыытын дьоро киэһэтэ  Россияҕа Аҕа, Республикаҕа Ийэ күнүгэр тэрилиннэ. «Айыллан» норуот тыйаатырын туруоруутугар «Таптал энергетиката» комедия көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста. Туруорааччы режиссер Макаров А. А. Кэнсиэргэ кыттыыны  ыллылар нэһилиэк художественнай самодеятельность кыттыылаахтара. Ол курдук «Алгыс», «Чөмчүүнэ» үҥкүү ансаамбыллара, салайааччы Аржакова Е. А., «Дьиэрэҥкэй» үҥкүү ансаамбыла, салайааччы  Барашкова В.Н. ,»Далбар» аҕам саастаахтар ырыа ансаамбыла, салайааччы Копырин В. К. Бастакы кылаас үөрэнээччилэрин эҕэрдэ ырыалара, салайааччы Алексеева Л. А. «Бэтэкэй бэтиэкэлэрэ» көр-күлүү бөлөҕө көрдөөх-нардаах сыанкалара.  Тэрээһиҥҥэ ылбаҕай ырыалар ылланнылар, көрөөччүлэргэ анаан көрдөөх оонньуулар оонньоннулар. Кулууп уота саҥа сезоҥҥ үгүс көрөөччүнү ыҥыра-угуйа турдун!    

Добавить комментарий