Записи в рубрике Uncategorized

Ил, Эйэ, Сомоҕолоһуу, Комсомол тэриллибитэ 106, Октябрьскай революция 107 сылларынан «Сомоҕолоһуу биһиги күүспүт» нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт хамаанданан күрэх.

       Сэтинньи 8 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр Ил, Эйэ, Сомоҕолоһуу, Комсомол тэриллибитэ 106, Октябрьскай революция 107 сылларынан «Сомоҕолоһуу биһиги күүспүт» нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыларыгар күрэх тэрилиннэ. Кыттыыны ыллылар: Олохтоох дьаһалта хаамаандата, В. М. Прокопьев аатынан Тумул орто оскуолатын хамаандата, «Тумулчаана» оҕо саадын уһуйаана, «Аал уот», «Көмүлүөк» үһүс саас оскуолатын хамаандата. Хамаандалар 5 түһүмэххэ… (читать далее)

Саха сирин бастакы Президенэ М. Е. Николаев көҕүлээһининэн «Рисуем все» республиканскай проект чэрчитинэн, Уус-Алдан улууһугар көһө сылдьар кубок эстафетатын делегацията биһиги нэһилиэккэ ыалдьыттаата.

       Сэтинньи 5 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр Саха сирин бастакы Президенэ М.Е.Николаев көҕүлээһининэн «Рисуем все» республиканскай проект чэрчитинэн, Уус-Алдан улууһугар  көһө сылдьар кубок эстафетатын делегацията  биһиги нэһилиэккэ  ыалдьыттаата. «Рисуем все» проект кубогын  ыаллыы сытар Суотту нэһилиэгин делегацията,  баһылык солбуйааччыта Ксенофонтов С.И.  салайааччылаах кэлэн туттардылар. Бороҕон нэһилиэгин уруһуйдьуттарын улахан быыстапката тэрилиннэ. Быыстапкаҕа талааннаах уруһуйдьуттар… (читать далее)

Ил, Эйэ,Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах тэрээһин. Арыы-Тиит учаастага.

Сэтинньи 4 күнүгэр Арыы-Тиит учаастагар Ил, Эйэ, Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах тэрээһин ыытылынна. «Араас омук танаһа» күрэх бэрт көхтөөхтүк тэрилиннэ. Күрэххэ куукуланы араас омук таҥаһын таҥыннаран, киэргэтэн аҕалан көмүскээтилэр. Көрүү түмүгүнэн куукуланы сахалыы былааччыйалаан, киэргэлинэн симээн, аҕалан 1 миэстэни  ылары ситистэ Оллонова Галина Гаврильевна,  иккис миэстэни ылла Индия таҥастаах куукула, кинини киэргэтэн, симээн аҕалла Татаринова Лидия… (читать далее)

Уус-Алдан улууһугар бастакы норуодунай библиотека тэриллибитэ 100 сылыгар анаан «100 сыл кэрэни, сырдыгы саҕан» тэрээһин.

        Алтынньы 25 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр «100 сыл кэрэни, сырдыгы саҕан» Уус-Адан улууһугар бастакы норуодунай библиотека тэриллибитэ 100 сылынан улуус киин библиотекатын специалистара, директор Копырин И. Д. салайааччылаах ыалдьыттаатылар. Библиотека историятын сырдатар хаартысканан быыстапка, Саха Республикатын культуратын туйгуна, культура ветерана, Уус-Алдан улууһун уонна Бороҕон нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Халдеева А. Р. айар… (читать далее)

Республикаҕа Ийэ күнүн декадатын чэрчитинэн ыытыллыбыт «Ийэ-Аан дойду аанньала» тэрээһин.

       Алтынньы 23 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр Республикаҕа Ийэ күнүн чэрчитинэн «Ийэ-Аан дойду аанньала» бырааһынньыктааҕы тэрээһин ыытылынна. Күн күбэй ийэлэргэ анаан полиротанганан корзина өрүүтүгэр маастар кылаас тэрилиннэ.  Маастар кылааһы ыытта Габышева Т. Г. Ол кэннэ төгүрүк остуол тула араас көрдөөх оонньуулар оонньоннулар, эҕэрдэ ырыалар ылланнылар. Ийэлэрбит бэйэлэрин илиилэринэн тутан-хабан оҥорбут оҥоһуктарынан астынан-дуоһуйан  дьоро… (читать далее)

Республикаҕа Ийэ күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт «Ийэм мичээрэ» тэрээһин. Элэһин учаастага.

       Алтынньы ый 19 күнүгэр Элэһин учаастагар Республикаҕа Ийэ күнүн чэрчитинэн «Ийэм мичээрэ» күн күбэй ийэлэргэ аналлаах тэрээһин ыытылынна. Бырааһынньыктааҕы дьоро күн төгүрүк остуол тула олорон санаа атастаһан, араас көрдөөх оонньуулары оонньоотулар, эҕэрдэ ырыалары ыллаатылар. Ыытыллыбыт тэрээһинтэн астынан, үөрэн-көтөн түмүккэ уопсай хаартыскаҕа түстүлэр.   

Республикаҕа Ийэ күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт «Күн күбэй ийэлэр» тэрээһин. Арыы-Тиит уч.

       Алтынньы ый 20 күнүгэр Арыы-Тиит учаастагар Республикаҕа Ийэ күнүгэр аналлаах күн күбэй ийэлэри эҕэрдэлээтилэр. Ийэлэргэ анаан күрүчүөгүнэн баайыыга маастар кылаас тэрилиннэ, маастар кылааһы ыытта «Хатыҥчаан» түөлбэ салайааччыта Оллонова Г.Г. Ийэлэр олус интириэһиргээн күрүчүөгүнэн баайарга үөрэннилэр.  Минньигэс астаах остуол тула ирэ-хоро кэпсэтэн, санаа атастаһан, көрдөөх оонньуулары оонньоотулар.  Бырааһынньыктааҕы дьоро күҥҥэ кэрэ аҥардар бэйэ… (читать далее)

72-с төгүлүн «Кулууп уота угуйар» сезон аһыллыытын дьоро күнэ.

       Алтынньы ый 19 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр 72-с төгүлүн ыытыллар үгэскэ кубулуйбут «Кулууп уота угуйар» сезон аһыллыытын дьоро киэһэтэ  Россияҕа Аҕа, Республикаҕа Ийэ күнүгэр тэрилиннэ. «Айыллан» норуот тыйаатырын туруоруутугар «Таптал энергетиката» комедия көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста. Туруорааччы режиссер Макаров А. А. Кэнсиэргэ кыттыыны  ыллылар нэһилиэк художественнай самодеятельность кыттыылаахтара. Ол курдук «Алгыс», «Чөмчүүнэ» үҥкүү… (читать далее)

«Мин сааһым-мин баайым» аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһин.

     Алтынньы 16 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр  үгэс буолбут сылын аайы ыытыллар Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн «Мин сааһым-мин баайым» бырааһынньыктааҕы тэрээһин ыытылынна. Дьоро күн торжественнай чааһыгар нэһилиэк аҕа баһылыга Алексеев В. П., «Аал уот» түмсүү салайааччыта Черкашин П. Е., «Көмүлүөк» үһүс саас оскуолатын салайааччыта Прудецкая С. А. үөрүүлээх күнүнэн аҕам саастаахтары, юбилярдары эҕэрдэлээтилэр. Өр… (читать далее)

«Эҕэрдэ Тойон Мүрүттэн» гастрольнай бөлөх кэнсиэрэ.

Алтынньы 11 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр В. В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» культура дыбарыаһын коллектива «Эҕэрдэ Тойон Мүрүттэн»  кэнсиэринэн ыалдьыттаатылар. Дьоро киэһэҕэ ылбаҕай ырыалар,  араас норуоттар     үҥкүүлэрэ, көрдөөх-нардаах  сыанкалар көрөөччү интэриэһин тартылар.  Кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыытта  конферанс   Александр Гоголев    — Лоокуут. Культура үлэһиттэрэ, художественнай самодеятельность кыттыылаахтара бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэри көрдөрөн, көрөөччүлэр ытыс тыаһын… (читать далее)