Записи в рубрике Uncategorized

«Сырдыкка, үтүөҕэ уһуйбут дьоһун олох» кинигэ сүрэхтэниитэ.

        Алтынньы 10 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр «Сырдыкка, үтүөҕэ уһуйбут дьоһун олох» кинигэ сүрэхтэниитэ тэрилиннэ. Бороҕон нэһилиэгэр үгүс элбэх көлүөнэ ыччаты үөрэххэ, билиигэ уһуйбут, Бороҕон нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо, тыыл, педагогическай улэ ветераннара Александра Ивановна, Александр Семёнович Бурцевтар сырдык ааттарын уйэтитэн «Сырдыкка, үтүөҕэ уһуйбут дьоһун олох» кинигэни оҕолоро, кэнчээри ыччаттара, бииргэ алтыьан улэлээбит… (читать далее)

Аҕам саастаахтар декадалара Арыы-Тиит учаастага.

         Алтынньы ый 7 күнүгэр, Арыы-Тиит сынньалаҥ киинэ Аҕам саастаахтар  декадаларын чэрчитинэн скандинавскай хаамыы куруһуогун кыттыылаахтарын кытта «Чөл олоҕу» пропагандалаан, тутуһан айылҕаҕа тахсан сынньанан, икки хамаандаҕа арахсан араас көрдөөх оонньуулары тэрийэн күрэхтэстилэр . Тэрээһиҥҥэ Арыы-Тиит аҕа саастаах ытыктыыр дьоммут көхтөөх кыттыыны ыллылар. Сибиэһэй салгыҥҥа сынньанан, оонньоон-көрүлээн, үөрэн-көтөн тэрээһин бэрт сэргэхтик  ааста.   

Аҕам саастаахтар декадаларыгар, учуутал күнүгэр аналлаах тэрээһин. Элэһин уч.

      Алтынньы 5 күнүгэр  Элэһин учаастагар Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн уонна учуутал күнүгэр аналлаах бырааһынньыктааҕы «Өркөн өй» күрэҕи «Мичилий» дьахталлар түмсүүтэ, салайааччы Попова В. М.  тэрийэн ыытта.  Күрэххэ уопсайа  4 хамаанда кыттыыны ылла. Бастакы миэстэни ылары ситистилэр Анна Дмитриевна уонна Ион Степанович. Учууталлары , Аҕам саастаахтары эҕэрдэлээн ылбаҕай ырыалар ылланнылар, эҕэрдэ тыллар этилиннилэр…. (читать далее)

«Учууталга махтал» учуутал күнүгэр аналлаах тэрээһин.

        Алтынньы 4 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр учуутал күнүгэр аналлаах «Учууталга махтал» бырааһынньыктааҕы биэчэр тэрилиннэ. Биэчэр үөрүүлээх чааһыгар олохтоох дьаһалта баһылыга Алексеев В. П., В. М. Прокопьев аатынан Тумул орто оскуолатын  үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ Алексеева А. Р. эҕэрдэлэрэ уонна наҕараадалары туттарыы үөрүүлээх чааһа ыытылынна. Хас биирдии оскуола учууталыгар, ветеран учууталларга анаан уерэнээччилэр … (читать далее)

«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» быыстапка-дьаарбаҥка

        Алтынньы ый 3 күнүгэр «Кыайыы түһүлгэтэ» болуоссакка «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн»  нэһилиэк оҕуруот аһын үүннэрээччилэрин күһүҥҥү дьаарбаҥката тэрилиннэ. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар Бороҕон нэһилиэгин солбуйар баһылыга Протопопов М. С., тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Егоров Л. С. нэһилиэк дьонун эҕэрдэлээтилэр. Биирдиилээн оҕуруот аһын үүннэрээччилэргэ анаан «Муҥур улахан» күрэххэ моркуоп, кабачок, хортуоппуй, сүбүөкүлэ, оҕурсу көрүҥнэригэр күрэхтэһэн… (читать далее)

«Күн эйгэ» Уус-Алдан улууһун бастыҥ кулууп үлэһитин сүүмэрдиир күрэх.

         Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Уус-Алдан улууһун киинигэр В. В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» культура дыбарыаһыгар «Күн эйгэ» диэн улуус иһинээҕи культура үлэһиттэрин икки ардыларыгар бастыц кулууп улэьитэ сүүмэрдиир күрэҕэ тэрилиннэ. Күрэххэ уопсайа 5 кулууп специалистара 4 түһүмэххэ илин-кэлин түһүстүлэр. Ол курдук биһиги нэһилиэктэн «Түмсүү» с/к специалиһа Василий Копырин, Уус-Күөлүн  «Сандал» сынньалаҥ… (читать далее)

«Күһүҥҥү Далбар» көмүс күһүнү көрсүү. Арыы-Тиит уч.

      Балаҕан ыйын 24 күнүгэр Арыы-Тиит уч. кэрэ аҥардарга анаан «Күһүҥҥү Далбар» диэн көмүс күһүнү көрсө 5 түһүмэхтээх күрэх тэрилиннэ. Кыттыыны ыллылар  Алексеева Любовь Гаврильевна, Татаринова Сусанна Прокопьевна, Кылаева Устинья Николаевна. Бастакы түһүмэххэ кыттыылаахтар күһүҥҥү айылҕаҕа хаартыскаҕа түстүлэр, иккис түһүмэххэ дөлүһүөн хомуйдулар, үһүс түһүмэххэ айылҕа матырыйаалыттан букет, төрдүс түһүмэххэ «Күһүҥҥү Далбар» диэн тылтан… (читать далее)

«Төрүт дойдум-Тумул» кинигэ сүрэхтэниитэ.

      Балаҕан ыйын 12 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр Россияҕа «Дьиэ-кэргэн», Саха өрөспүүбүлүкэтигэр «Оҕо саас» сылларын чэрчитинэн, биир дойдулаахпыт Саха өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката, Өктөм норуот тыйаатырын режиссера, Өктөм нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Аржакова Зоя Егоровна «Төрүт дойдум-Тумул» диэн Бороҕон нэһилиэгин Тумул бөһүөлэгин олохтоохторун үйэтитэн бэртээхэй кинигэ тахсыбыт үөрүүтүгэр кинигэ сүрэхтэниитэ тэрилиннэ…. (читать далее)

Бороҕон нэһилиэгэр Россияҕа Дьиэ-кэргэн, Саха республикатыгар-Оҕо саас, Уус-Алдан улууһугар-Аҕа сылларынан уонна тустуу үс көрүҥэр ССРС, РСФСР, Саха АССР спордун маастара, Саха республикатын үтүөлээх тренера И. А. Халдеев «Халдеев хапсаҕайа» республиканскай ыһыах.

     Бэс ыйын 14-15 күннэригэр Бороҕон нэһилиэгэр Россияҕа-Дьиэ-кэргэн, Саха республикатыгар-Оҕо саас, Уус-Алдан улууһугар-Аҕа сылларынан уонна тустуу үс көрүҥэр ССРС, РСФСР, Саха АССР спордун маастара, Саха республикатын үтүөлээх тренера И. А. Халдеев «Халдеев хапсаҕайа» Бороҕон нэһилиэгэр республиканскай ыһыах ыытылынна. «Ыһыах алгыһын куппар-сүрбэр иҥэрэн» ыһыах алгыһын сиэрин-туомун Саха республикатын культуратын туйгуна, алгысчыт, ырыаһыт Виталий Очиров түһүлгэҕэ… (читать далее)

Иннокентий Андреевич Халдеевка аналлаах «Саҕыллыы» театрализованнай дьүһүйүү.

        Бэс ыйын 14 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр тустуу үс көрүҥэр ССРС, РСФСР, Саха АССР спордун маастара, Саха республикатын  үтүөлээх тренера Иннокентий Андреевич Халдеевка аналлаах «Айыллан» норуот тыйаатырын туруоруутугар «Саҕыллыы» театрализованнай дьүһүйүү көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста. Туруорааччы-режиссер А. А. Макаров., сценарист А. С. Сокольникова. «Саҕыллыы» дьүһүйүүгэ  И. А. Халдеев олоҕун кэрчиктэриттэн спорт эйгэтигэр… (читать далее)