Республикаҕа Ийэ күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт «Күн күбэй ийэлэр» тэрээһин. Арыы-Тиит уч.

       Алтынньы ый 20 күнүгэр Арыы-Тиит учаастагар Республикаҕа Ийэ күнүгэр аналлаах күн күбэй ийэлэри эҕэрдэлээтилэр. Ийэлэргэ анаан күрүчүөгүнэн баайыыга маастар кылаас тэрилиннэ, маастар кылааһы ыытта «Хатыҥчаан» түөлбэ салайааччыта Оллонова Г.Г. Ийэлэр олус интириэһиргээн күрүчүөгүнэн баайарга үөрэннилэр.  Минньигэс астаах остуол тула ирэ-хоро кэпсэтэн, санаа атастаһан, көрдөөх оонньуулары оонньоотулар.  Бырааһынньыктааҕы дьоро күҥҥэ кэрэ аҥардар бэйэ… (читать далее)

72-с төгүлүн «Кулууп уота угуйар» сезон аһыллыытын дьоро күнэ.

       Алтынньы ый 19 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр 72-с төгүлүн ыытыллар үгэскэ кубулуйбут «Кулууп уота угуйар» сезон аһыллыытын дьоро киэһэтэ  Россияҕа Аҕа, Республикаҕа Ийэ күнүгэр тэрилиннэ. «Айыллан» норуот тыйаатырын туруоруутугар «Таптал энергетиката» комедия көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста. Туруорааччы режиссер Макаров А. А. Кэнсиэргэ кыттыыны  ыллылар нэһилиэк художественнай самодеятельность кыттыылаахтара. Ол курдук «Алгыс», «Чөмчүүнэ» үҥкүү… (читать далее)

«Мин сааһым-мин баайым» аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһин.

     Алтынньы 16 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр  үгэс буолбут сылын аайы ыытыллар Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн «Мин сааһым-мин баайым» бырааһынньыктааҕы тэрээһин ыытылынна. Дьоро күн торжественнай чааһыгар нэһилиэк аҕа баһылыга Алексеев В. П., «Аал уот» түмсүү салайааччыта Черкашин П. Е., «Көмүлүөк» үһүс саас оскуолатын салайааччыта Прудецкая С. А. үөрүүлээх күнүнэн аҕам саастаахтары, юбилярдары эҕэрдэлээтилэр. Өр… (читать далее)

«Эҕэрдэ Тойон Мүрүттэн» гастрольнай бөлөх кэнсиэрэ.

Алтынньы 11 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр В. В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» культура дыбарыаһын коллектива «Эҕэрдэ Тойон Мүрүттэн»  кэнсиэринэн ыалдьыттаатылар. Дьоро киэһэҕэ ылбаҕай ырыалар,  араас норуоттар     үҥкүүлэрэ, көрдөөх-нардаах  сыанкалар көрөөччү интэриэһин тартылар.  Кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыытта  конферанс   Александр Гоголев    — Лоокуут. Культура үлэһиттэрэ, художественнай самодеятельность кыттыылаахтара бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэри көрдөрөн, көрөөччүлэр ытыс тыаһын… (читать далее)

«Сырдыкка, үтүөҕэ уһуйбут дьоһун олох» кинигэ сүрэхтэниитэ.

        Алтынньы 10 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр «Сырдыкка, үтүөҕэ уһуйбут дьоһун олох» кинигэ сүрэхтэниитэ тэрилиннэ. Бороҕон нэһилиэгэр үгүс элбэх көлүөнэ ыччаты үөрэххэ, билиигэ уһуйбут, Бороҕон нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо, тыыл, педагогическай улэ ветераннара Александра Ивановна, Александр Семёнович Бурцевтар сырдык ааттарын уйэтитэн «Сырдыкка, үтүөҕэ уһуйбут дьоһун олох» кинигэни оҕолоро, кэнчээри ыччаттара, бииргэ алтыьан улэлээбит… (читать далее)

Аҕам саастаахтар декадалара Арыы-Тиит учаастага.

         Алтынньы ый 7 күнүгэр, Арыы-Тиит сынньалаҥ киинэ Аҕам саастаахтар  декадаларын чэрчитинэн скандинавскай хаамыы куруһуогун кыттыылаахтарын кытта «Чөл олоҕу» пропагандалаан, тутуһан айылҕаҕа тахсан сынньанан, икки хамаандаҕа арахсан араас көрдөөх оонньуулары тэрийэн күрэхтэстилэр . Тэрээһиҥҥэ Арыы-Тиит аҕа саастаах ытыктыыр дьоммут көхтөөх кыттыыны ыллылар. Сибиэһэй салгыҥҥа сынньанан, оонньоон-көрүлээн, үөрэн-көтөн тэрээһин бэрт сэргэхтик  ааста.   

Аҕам саастаахтар декадаларыгар, учуутал күнүгэр аналлаах тэрээһин. Элэһин уч.

      Алтынньы 5 күнүгэр  Элэһин учаастагар Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн уонна учуутал күнүгэр аналлаах бырааһынньыктааҕы «Өркөн өй» күрэҕи «Мичилий» дьахталлар түмсүүтэ, салайааччы Попова В. М.  тэрийэн ыытта.  Күрэххэ уопсайа  4 хамаанда кыттыыны ылла. Бастакы миэстэни ылары ситистилэр Анна Дмитриевна уонна Ион Степанович. Учууталлары , Аҕам саастаахтары эҕэрдэлээн ылбаҕай ырыалар ылланнылар, эҕэрдэ тыллар этилиннилэр…. (читать далее)

«Учууталга махтал» учуутал күнүгэр аналлаах тэрээһин.

        Алтынньы 4 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр учуутал күнүгэр аналлаах «Учууталга махтал» бырааһынньыктааҕы биэчэр тэрилиннэ. Биэчэр үөрүүлээх чааһыгар олохтоох дьаһалта баһылыга Алексеев В. П., В. М. Прокопьев аатынан Тумул орто оскуолатын  үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ Алексеева А. Р. эҕэрдэлэрэ уонна наҕараадалары туттарыы үөрүүлээх чааһа ыытылынна. Хас биирдии оскуола учууталыгар, ветеран учууталларга анаан уерэнээччилэр … (читать далее)

«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» быыстапка-дьаарбаҥка

        Алтынньы ый 3 күнүгэр «Кыайыы түһүлгэтэ» болуоссакка «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн»  нэһилиэк оҕуруот аһын үүннэрээччилэрин күһүҥҥү дьаарбаҥката тэрилиннэ. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар Бороҕон нэһилиэгин солбуйар баһылыга Протопопов М. С., тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Егоров Л. С. нэһилиэк дьонун эҕэрдэлээтилэр. Биирдиилээн оҕуруот аһын үүннэрээччилэргэ анаан «Муҥур улахан» күрэххэ моркуоп, кабачок, хортуоппуй, сүбүөкүлэ, оҕурсу көрүҥнэригэр күрэхтэһэн… (читать далее)

«Күн эйгэ» Уус-Алдан улууһун бастыҥ кулууп үлэһитин сүүмэрдиир күрэх.

         Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Уус-Алдан улууһун киинигэр В. В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» культура дыбарыаһыгар «Күн эйгэ» диэн улуус иһинээҕи культура үлэһиттэрин икки ардыларыгар бастыц кулууп улэьитэ сүүмэрдиир күрэҕэ тэрилиннэ. Күрэххэ уопсайа 5 кулууп специалистара 4 түһүмэххэ илин-кэлин түһүстүлэр. Ол курдук биһиги нэһилиэктэн «Түмсүү» с/к специалиһа Василий Копырин, Уус-Күөлүн  «Сандал» сынньалаҥ… (читать далее)