Арыы-Тиит учаастагын «Кэрэ далбардарын дьарыктара»

     Арыы-Тиит сынньалаҥ киин уус-уран салайааччыта Заровняева Лена Петровна, олохтоох талба талааннаах далбардарын сөбүлүүр дьарыктарын түмэн, видео устан дьон сэҥээриитигэр таһаарда. Хас биирдии киһиэхэ кистэлэҥ сир баайын кэриэтэ, хаайтаран, симиллэн сытар өбүгэ утума, айылҕа бэлэҕэ — дьоҕур буолар. Истиҥ ийэлэр, эйэҕэс эбээлэр, эдьиийдэр дьоҕурдара дьоҥҥо үтүө холобур буолара олус кэрэхсэбиллээх.