СР мелиорациятын үтүөлээх үлэһитэ, Уус-Алдан улууһун, Бороҕон нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото Прокопьев Семен Григорьевичка аналлаах өйдөбүнньүк дуоска аһыллыытын үөрүүлээх тэрээһинэ.

       Сэтинньи ый 18 күнүгэр Бороҕон нэһилиэгэр  Тумуллааҕы иһэр ууну хачайдыыр насоснай станция дьиэтигэр Уус-Алдан улууһун, Бороҕон нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Саха республикатын мелиорациятын үтүөлээх үлэһитэ, сэрии кэмин оҕото, өр сылларга Уус-Алдан уулууһун тыатын хаһаайыстыбатыгар уонна сири уунан хааччыйыы үлэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлээбит  биир дойдулаахпыт Прокопьев Семен Григорьевич  аатыгар анаан өйдөбүнньүк дуоската  арылынна. Бэлиэ күн алгыс сиэринэн-туомунан саҕаланна, алгыһы оҥордо алгысчыт Макаров А.А. Бу үөрүүлээх күҥҥэ кыттыыны ыллылар, эҕэрдэ тылы эттилэр, бэлиэ дуосканы арыйдылар Уус-Алдан улууһун аҕа баһылыга Алексеев В. П., тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Павлова С. А., республика мелиорациятын салайааччыта Махаров Д. Д., Уус-Алданнааҕы мелиорация салайааччыта Сивцев Семен Васильевич, Тумуллааҕы уу хачайдыыр станция ветеран үлэһитэ Новоприезжий В. У., төрөппүт оҕолоро. Кыргыттара Наталья Семеновна, Галина Семеновна, кийииттэрэ Евдокия Игоревна туһааннаах дьоҥҥо махтал суруктары, Тумуллааҕы насоснай станция салайааччытыгар Прокопьев П. П өйдөбүнньүк бэлэҕи сварочнай аппарааты үөрүүлээх быһыыга-майгыга  туттардылар, сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Тэрээһин уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.  Прокопьев Семен Григорьевич аатын, үтүө суобастаахтык үлэлээн ааспыт олоҕун үйэтитэр сыаллаах оҕолоро, сиэннэрэ туруорбут өйдөбүнньүк бэлиэ дуоската үйэлэргэ ааттаннын.