Оҕо көмүскэлин күнүгэр аналлаах тэрээһин. Элэһин учаастага.

     Элэһин учаастагар Аан дойду үрдүнэн ыытыллар Оҕо көмүскэлин күнүн уонна самаан сайыны көрсө «Мичилий» дьахталлар түмсүүлэрэ, оскуола, сынньалаҥ киин  үлэһиттэрэ оҕолорго сынньалаҥ тэрээһин ыыттылар. Манна анаан оҕолорго араас оонньуулары оонньоттулар, минньигэс аһынан күндүлээтилэр. Оҕолор астынан, сибиэһэй салгыҥҥа дуоһуйа сынньанан, ыллаан-туойан бэрт сэргэхтик атаардылар. Тэрээһин уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн  түмүктэннэ.  

Саха өрөспүүбүлүкэтигэр ырыа күнүгэр аналлаах «Ырыа-олох аргыһа» дьоро киэһэ

     Ыам ыйын 25 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр Саха өрөспүүбүлүкэтигэр ырыа күнүгэр аналлаах, самаан сайыны көрсө «Ырыа-олох аргыһа» диэн ырыа дьоро түһүлгэтэ ыытылынна. Кыттыыны ыллылар «Далбар», «Дьүөгэлиилэр» дьахталлар уонна дьиэ-кэргэттэр ансаамбыллара, «Туйма» эр дьон ансаамбыла  уонна оскуола 2 кылааһын үөрэнээччилэрэ «Дьүрүйэчээн» фольклорнай бөлөх, «Уолаанчык» уолаттар бөлөхтөрө, салайааччы Петрова В.П. Ырыа бырааһынньыгын  киэргэттилэр нэһилиэк киэн… (читать далее)

Бороҕон нэһилиэгэр Добун оһуохай тэрилиннэ

Саха Сирин Ил Дарханын уурааҕынан «Оһуохай күнэ» биллэриллэн ыам ыйын 24-25 күннэригэр Бороҕон нэһилиэгэр «Добун оһуохай» ыытылынна. В.М. Прокопьев аатынан Тумул орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр, «Тиһэх чуораан» тэрээһин кэнниттэн оскуоланы бүтэрээччилэр оһуохай түһүлгэтин тэрийдилэр. Оһуохайы таһаардылар оскуола выпускницата Ариана Андреева, төрөппүт Габышева Т. Г., Саха республикатын «Дархан этэччи» анал аат хаһаайката, ветеран учуутал Протопопова З. И,… (читать далее)

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ырыа күнүгэр аналлаах, самаан сайыны көрсүү. Элэһин учаастага

      Ыам ыйын 22 күнүгэр Элэһин учаастагар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ырыа күнүгэр аналлаах, самаан сайыны көрсүү дьоро күнэ  тэрилиннэ. «Мичилий» дьахталлар түмсүүлэрэ салайааччы Попова В. М., Элэһин учаастагын олохтоохторо сибиэһэй салгыҥҥа ыллаан-туойан, оонньоон-көрүлээн, араас күрэхтэргэ кытыннылар. Кыайыылаахтар олохтоох кулууп  туруорбут бириистэринэн наҕараадалыннылар. Дьоро күн уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.  

Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх 79 сылын көрсүү.

Ыам ыйын 9 күнүгэр Бороҕон нэһилиэгэр Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх 79 сылын көрүстүбүт. Митинг Улуу Кыайыы Знамятын киллэрииттэн саҕаланна. Знамяны киллэрдилэр Тумул орто оскуолатын «Сокол» военнай-патриотическай кулууп үөрэнээччилэрэ.  Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Бороҕон нэһилиэгин баһылыга Алексеев В. П. эҕэрдэ тыла, нэһилиэк тэрилтэлэрэ, дьаһалта олохтообут өйдөбүнньүк бэлэхтэрин сэрии кэмин оҕолоругар, СВО кыттыылаахтарыгар, төрөппүттэригэр туттартаата. СВО кыттыылааҕар Прокопьев Г. Г…. (читать далее)

Улуу Кыайыы 79 сылын көрсүү. Элэһин учаастага

Ыам ыйын 9 күнүгэр Элэһин учаастагар Улуу Кыайыы 79 сылын көрүстүлэр. Бырааһынньыктааҕы тэрээһиҥҥэ эҕэрдэ тыл этилиннэ, музыкальнай эҕэрдэлэр ылланнылар, И. В. Мигалкин «Улуу Кыайыыны уһансан» хоһоону күргүөмнээхтик ааҕыынан митинг түмүктэннэ.» Киэһэ 20:00 ч «Өйдөбүнньүк чүмэчи» Бүтүн Россиятааҕы акцияҕа кыттыһан олохтоохтор чүмэчи ууруутугар мустуохтара.

Бүтүн Россиятааҕы «Кыайыы түннүгэ» ацияҕа кыттыы.

Бороҕон нэһилиэгин олохтоохторо Улуу Кыайыы 79 көрсө Бүтүн Россиятааҕы «Кыайыы түннүгэ» ацияҕа көхтөөхтүк кыттыыны ылан түннүктэрин араас темалаан киэргэтэн бырааһынньыгы көрүстүлэр. Бочуот уонна Албан аат Кыайыы туһугар олохторун толук уурбут хорсун буойуннарбытыгар. Умнуо суохтаах эдэр көлүөнэ норуот хорсун быһыытын, эйэлээх дьоллоох олох иһин кыргыспыт Герой дьоммут ааттарын.

Улуу Кыайыы 79 сылын көрсүү. Арыы-Тиит учаастага

Ыам ыйын 9 күнүгэр Арыы-Тиит учаастагын олохтоохторо оскуола дьиэтигэр муһуннулар. Бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ тыл этилиннэ, кэлбит олохтоохтору оскуола оҕолоро эҕэрдэлээтилэр. Бүтүн Россиятааҕы «Кыайыы түннүгэ» акцияҕа кытыннылар. Арыы-Тиит оскуолатын оҕолоро аҕам саастаах нэһилиэк олохтоохторугар бэйэлэрэ оҥорбут открыткаларын бэлэх ууннулар. И. В. Мигалкин «Улуу Кыайыыны уһансан» хоһоону күргүөмнээхтик ааҕыынан митинг түмүктэннэ.

Бүтүн Россиятааҕы «Өйдөбүнньүк чүмэчи» акцияҕа кыттыы.

Ыам ыйын 8 күнүгэр Бороҕон нэһилиэгэр  Бүтүн Россиятааҕы «Өйдөбүнньүк чүмэчи» акцияҕа кыттыһан киэһэ 21:00 ч «Кыайыы түһүлгэтэ» болуоссакка дьон-сэргэ тоҕуоруһа муһунна. Нэһилиэк олохтоохторо сэриигэ кыттыбыт эһэлэрин, убайдарын, аҕаларын, таайдарын, тыылга үлэлээбит эбэлэрин, ийэлэрин, эдьиийдэринр кэриэстээн, ахтан-санаан өйдөбүнньүк чүмэчилэрин уматан уурдулар. Уоттаах кыргыһыыларга биһиги биир дойдулаахтарбыт хорсуннук сэриилэспиттэрэ, дьоммут-сэргэбит килбиэннээх үлэлэринэн кыайыыны уһансыбыттара. Хорсун быһыы кэмҥэ-кэрдиигэ… (читать далее)

Үлэ, Эйэ, Маай, Аан дойдутааҕы үҥкүү күнүгэр аналлаах «Үҥкүү алыбар уйдаран» үҥкүү дьоро түһүлгэтэ.

      Ыам ыйын 1 күнүгэр «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр Үлэ, Эйэ, Маай бырааһынньыгар уонна Аан дойдутааҕы үҥкүү күнүгэр аналлаах үгэс быһыытынан ыытыллар «Үҥкүү алыбар уйдаран» үҥкүү дьоро киэһэтэ тэрилиннэ. Бырааһынньыктааҕы киэһэҕэ кыттыыны ыллылар Тумул орто оскуолатын оҕолорун «Күндээр» үҥкүү ансаамбылын кыра, орто, улахан бөлөх оҕолоро. Сал. Иванова Е. Д. «Чөмчүүнэ» үҥкүү бөлөҕө, сал. Аржакова… (читать далее)