Сэтинньи ый 19 күнүгэр «Түмсүү» норуот айымньытын киинигэр «Добун Олоҥхо, этигэн Хомус» декадатын чэрчитинэн хомус тардыытын ньымаларыгар маастар кылаас тэрилиннэ. Тэрээһиҥҥэ олохтоох музей салайааччыта Сокольникова А. С. саха хомуһун историятын туһунан, олохтоох хомусчут, хомус ууһа, фронтовик Алексеев Иван Федотович оҥорбут хомуһун туһунан билиһиннэрдэ. Хомуска тардыы, охсуу ньымаларын үөрэттэ «Тэтим» бөлөх салайааччыта Габышева Т. Г. Маастар кылааска оскуола оҕолоро, ыччат, орто, аҕам саастаах далбар хотуттар үөрэннилэр, «Дьүрүлгэн» хомусчуттар ансаамбыллара, оскуола 6 кыл үөрэнээччилэрэ хомуска дьүһүйүүнү оонньоон иһитиннэрдилэр. Маны таһынан олохтоох модельнай библиотека салайааччыта Прудецкая С. А. «Саха хомуһун уратыта» кинигэ быыстапкатын туруорда, билиһиннэрдэ, «Хомус-кэм кэрэһитэ» ыйытык-хоруй күрэҕин ыытта. Күрэххэ 1 м Протопопова З. И., 2 м Сокольникова А. С., 3 м Стрекаловская С. И. ылары ситистилэр. Кыайыылаахтар грамотанан, олохтоох автордар Находкина Т. П,, Надежда Алексеевна Аржакова-Иванова өйдөбүнньүк кинигэлэринэн наҕараадаланнылар. Хомус алыптаах тыаһа үйэлэртэн үйэлэргэ хоҥкунуу ыллаатын!

