Сэтинньи ый 18 күнүгэр Арыы-Тиит учаастагар «Уран тарбах иистэнии абылаҥа» маастар кылаас ыытылынна, быыстапка тэрилиннэ. Маастар кылааһы ыытта Суотту нэһилиэгин олохтооҕо, норуот маастара-Иванова Евдокия Иннокентьевна. Бу маастар кылааска Арыы-Тиит олохтоохторо иистэнии сүрүн кистэлэҥнэрин билэннэр элбэххэ үөрэннилэр. Тэрээһинтэн үөрэн-көтөн, астынан, элбэҕи билэн-көрөн тарҕастылар.

