Олоҥхону толорооччу Бурцев Афанасий Петрович-Бөскөй Бөҕө «Оҕустаах Охонооһой Олоҥхолоох айана» бырайыагынан Бороҕон нэһилиэгэр ыалдьыттаата.

      Бэс ыйын 6 күнүгэр Аар саарга аатырбыт олоҥхоһут Дмитрий Михайлович Говоров-Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ175 сылынан Хоро нэһилиэгин олохтооҕо, олоҥхону толорооччу Бурцев Афанасий Петрович-Бөскөй Бөҕө «Оҕустаах Охонооһой Олоҥхолоох айана» бырайыагынан биһиги нэһилиэккэ кэлэн ыалдьыттаата. Афанасий Петровиһы оҕолуун-уруулуун, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ киирии аркаттан саҕалаан кымыстаах чороонунан айах тутан көрүстүбүт. Аара суолга нэһилиэк Кыайыы болуоссатыгар сүгүрүйэн аастылар. Дьон-сэргэ Арчы дьиэтигэр оҕустаах оҕонньору айхаллыы көрүстүлэр. Сахалыы сиэринэн алгыс ананна, алгысчыт Сокольникова А. С. арыылаах алаадьынан айах туттулар, алгыс тылын этэннэр көмүлүөк оһох тула саха балаҕаныгар көрсүһүү сиэригэр муһуннубут. Афанасий Бурцевка чөл олоҕу пропагандалыыр айаныгар махтанан туран олохтоох дьаһалта аатыттан махтал суругу туттардыбыт, Көмүлүөк 3 саас оскуолатын сал. Прудецкая С. А. эҕэрдэлээн туран сэмэй бэлэҕи туттарда. Төгүрүк остуол тула олорон ирэ-хоро сэһэргэһэн, ырыа-тойук ылланна, Айсена Новоприезжая Тимофей Терешкин «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхоттон быһа тардан аахта. Афанасий Петрович үөрэн-көтөн туран олохтоохторго, ыччаттарга С. Васильев-Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхотуттан быһа тардан олоҥхолоото, махтал тылларын анаата. Бука бары мустубут дьон  уопсай оһуохайынан бу тэрээһини үөрэ-көтө түмүктээтибит. Түмүккэ уопсай хаартыскаҕа түһүү буолла. Ыалдьыппытын культура ветерана, СӨ культуратын туйгуна Черкашин П. Е. дьиэ-кэргэнин дьиэтигэр-уотугар олохтоон, хонон-сынньанан сарсыарда Саһылыкаан учаастагар үтүө-кэрэ тыллары этэн атаардыбыт, алгыстаах аартыктарын айана арыллан истиннэр диэн алгыы хааллыбыт. 

Добавить комментарий