Олоҥхо декадатын чэрчитинэн «Олоҥхо алыптаах эйгэтэ» дьоро киэһэ.

     Сэтинни ый 20 күнүгэр «Түмсүү» норуот айымньытын киинигэр  «Добун олоҥхо этигэн хомус» декадатын чэрчитинэн Бороҕон нэһилиэгин үбүлүөйдээх олоҥхоһуттара Татаринов С. С. төрөөбүтэ 125 с, Барашков Е. П-Төппөс  төрөөбүтэ 140 с үбүлүөйдээх  сылларыгар аналлаах «Олоҥхо алыптаах эйгэтэ» дьоро киэһэтэ ыытылынна.  «Олоҥхо дьиэтэ» этнокультура киинин директора Аргунов Айаал Гаврильевич, уус-уран салайааччыта Данилова Елизавета Николаевна, СР үтүөлээх үлэһитэ, СР культуратын туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Уус-Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Мария Захаровна Сивцева  нэһилиэк үбүлүөйдээх олоҥхоһуттарын  тустарынан  ахтыылары, улуус иһигэр ыытыллар тэрээһиннэри сырдаттыллар. Маны таһынан махтал суруктары  Сокольникова А. С., Макаров А. А., Габышева Т. Г. туттардылар. Олоҥхо киэһэтигэр кыттыыны ыллылар «Сэһэн Сиэннэрэ» Тумулчаана уһуйаан иитиллээччилэрэ, С. Васильев-Борогонскай  «Батастаан Баатыр»  олоҥхотуттан быһа тардан иһитиннэрдилэр,  сал. Нь. П. Алексеева, П. М. Петухова. Тумул орто оскуолатын 1 кыл үөрэнээччилэрэ Петр Решетников-Көһөҥэ Бүөтүр «Күөнэ Көҕөччөр аттаах, күүстээх уохтаах Күн Күндүлү Бухатыыр» олоҥхоттон быһа тардан аахтылар сал. Нь. П. Алексеева, П. М. Петухова кылаас салайааччыта Р. Е. Софронова. «Дьүрүлгэн»  хомусчуттар бөлөхтөрө сал. Габышева Т. Г., 4 кылаас үөрэнээччилэрэ «Арылы» бөлөх толоруутугар С. В. Борогонскай «Үөлэн хардааччы олоҥхотуттан» быһа тардыыны иһитиннэрдилэр, салайааччы А. С. Сокольникова, кылаас салайааччыта Л. М. Аввакумова. «Айыллан» норуот тыйаатырын туруоруутугар биир дойдулаахпыт Барашков Ефим Петрович-Төппөс «Отут былас устаалаах, то5ус саһаан үрдүктээх, суондалы хара атаах дьулаан киһи Дьуларытта Дохсун» олоҥхоттон театрализованнай дьүһүйүүнү көрөөччү дьүүлүгэр таһаардылар. Туруорааччы режиссер А. А. Макаров. Көрөөччүлэр «Олоҥхо алыптаах киэһэтэ» тэрээһинтэн элбэҕи биллилэр-көрдүлэр. Саха төрүт үгэһэ Олоҥхо үйэлэри уҥуордаатын.