Аан дойду виртуоз хомусчута Петр Петрович Оҕотоойоп төрөөбүтэ 65 сылыгар аналлаах улуустааҕы «Хомуһуннаах хомусчут» хомус күрэҕэр кыттыы.

Сэтинньи ый 26 күнүгэр «Олоҥхо дьиэтэ» этнокультурнай кииҥҥэ Аан дойду виртуоз хомусчута Петр Петрович Оҕотоойоп төрөөбүтэ 65 сылыгар аналлаах улуустааҕы «Хомуһуннаах хомусчут» күрэх тэрилиннэ. Күрэххэ уопсайа улууспут 12 нэһилиэктэриттэн 123 кыттааччы кытынна, биһиги нэһилиэктэн «Тэтим» фольклорнай бөлөх кыттыыны ылла, салайааччы Габышева Т. Г.  Күрэҕи дьүүллээтилэр: дьүүллүүр сүбэ председателя, Уус-Алдан улууһун «Хомус» общественнай түмсүү салайааччыта, Саха республикатын культуратын туйгуна Находкин Альберт Алексеевич, «Олоҥхо дьиэтэ» этнокультурнай киин специалиһа, Саха республикатын культуратын туйгуна Алексеева Марфа Константиновна, В. Никифоров «Тойон Мүрү» култьтура дыбарыаһын специалиһа Васильева Алина Константиновна. Көрүү түмүгүнэн «Тэтим» фольклорнай бөлөх 2 үрдэли ылары ситистэ. Хомус дьүрүскэн тыаһа үйэлэргэ дьүрүһүйэ туруохтун.